Дьол эрэ куустун-文本歌词

Дьол эрэ куустун-文本歌词

发行日期:

Бу ырыа тылларын арыйдын миэхэ

Сибэкки курдук мичээрдээриий эн миэхэ

Бу киэhэ, сэгэриэм эн биһи бииргэ

Уйэлээх таптал баар буоллун биһиэхэ

Сып сылаас илиигин бу тутан турамммын

Этэбин эйиэхэ таптал туһунан

Билигин, сэгэриэм

Эйиэхэ эрэниэм

Олоҕум тухары

Харыстыам тапталгын

Эн биһигини бу олох устун

Өрүүтүн дьол эрэ куустун

Чуумпуну истиэххэ түүннэри

Түүннэри

Кэрэ түгэним

Бастакы сайыҥҥы күнү

Санаан ыламмын бу түүн эмиэ

Утуйбатым эн түүллэргин харыстыыбын

Санаатым ол түгэни

Эн биһи билсибиппит

Дьикти эбит

Түргэн эбит

Номнуо биһи көмүстээхпит

Таптаабыт хара харахтаргар

Буллум мин дьиҥ бэйэбин

Хараҥа сырдык да буоллун биһи сыһыаммыт

Куруутун бу курдук өйдүү өйүү сылдьыам өрүү

Син биир курус баар буолуо ду?

Ол кэннэ хайаан да тыгыа

Сырдык көмүс сылаас көстүү

Ол уөһээ халлааҥҥа көрүүй

Мин доҕорум

Дьоллуур дьолум

Аттыгар баар буолуом өрүү

Эн биһигини бу олох устун

Өрүүтүн дьол эрэ куустун

Чуумпуну истиэххэ түүннэри

Түүннэри

Кэрэ түгэним